Telegram Group & Telegram Channel
#🔴🔴🔴🔴🟠🔴🟠🔴

🔴 Үөһээ Бүлүүтээҕи техникумҥа "Сахам мааны сандалыта" күрэх

Бүгүн Техникумҥа төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик нэдиэлэтигэр анаммыт тэрээһиннэри түмүктүүр, номнуо үгэскэ кубулуйбут, сыллата ыытыллар мааны астаах сандалы күрэҕэ буолла.

Устудьуоннар бөлөхтөрө сахалыы таҥнан-саптан, саха төрүт аһын минньигэһин, тотоойутун, булт эриэккэһин астаан аҕалан дьүүллүүр сүбэни, үлэһиттэри күндүлээтилэр. Ол курдук, эт аһыттан тииҥ этигэр тиийэ, үүт үрүмэтиттэн оҥоһуллубут минньигэс отонноох рулет, тоҥ, бурдук ас арааһын астаан аҕалан сандалы маанытын тэлгэттилэр.

3 киһитэ састааптаах дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Антонина Болтокова үлэлээтэ.

Ас арааһын, сиэдэрэйин көрүү кэмигэрхомоҕой хоһоонньуттар итиэннэ сахалыы мааны таҥастаах устудьуоннар икки ардыларыгар күрэх буолла.

Оттон ааһан эрэр нэдиэлэ устата техникумҥа төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаан кинигэ быыстапката турда. Ону таһынан блиц-оонньуу, аман өс күрэҕэ, өбүгэлэр оонньуулара, "Тыыннаах хартыына" диэн хаартыска эстафетата буолан ааста.

Техникум үгэһинэн, маннык күрэхтэр түмүктэрин нэдиэлэ бастакы күнүгэр үөрүүлээх линейкаҕа таһаараллар. Кыайыылаах бөлөх көһө сылдьар кубок хаһаайына буолар.

Сэргэх олохтоох техникумҥа устудьуоннар олохторо күөстүү оргуйар.

@ueheebuluu
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM

group-telegram.com/uoheebuluu/31601
Create:
Last Update:

BY Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

Share with your friend now:
group-telegram.com/uoheebuluu/31601

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

So, uh, whenever I hear about Telegram, it’s always in relation to something bad. What gives? "We as Ukrainians believe that the truth is on our side, whether it's truth that you're proclaiming about the war and everything else, why would you want to hide it?," he said. Pavel Durov, Telegram's CEO, is known as "the Russian Mark Zuckerberg," for co-founding VKontakte, which is Russian for "in touch," a Facebook imitator that became the country's most popular social networking site. On December 23rd, 2020, Pavel Durov posted to his channel that the company would need to start generating revenue. In early 2021, he added that any advertising on the platform would not use user data for targeting, and that it would be focused on “large one-to-many channels.” He pledged that ads would be “non-intrusive” and that most users would simply not notice any change. In addition, Telegram now supports the use of third-party streaming tools like OBS Studio and XSplit to broadcast live video, allowing users to add overlays and multi-screen layouts for a more professional look.
from us

Telegram Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
FROM American