Telegram Group Search
🇷🇺Владимир Путин Ленины көмүү туһунан:

"Баҕар кэлин уопсастыба бэйэтэ өйүнэн-санаатынан, баҕатынан тиийдэҕинэ бу быһаарыныыны ылыныахтара. Онтон билигин биһиги уопсастыбаны икки аҥыы араарар кыахтаах биир да хардыыны оҥоруо суохтаахпыт."

#Путин

T.me/ValeriNikolaev.com
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺Владимир Путин 2022 сыл олунньу ыйыгар анал байыаннай дьайыы саҕаламмыт түгэнин туһунан:

"2022 сыл олунньу ыйыгар ылыллыбыт быһаарыныыны эрдэ ылыахтаах этибит."

#Путин

T.me/ValeriNikolaev.com
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺 Владимир Путин Словакияҕа Европа куораттарын энергетика эбийиэктэрин каарталаах украинскай диверсаннары туппуттарын туһунан спецслужбалартан ылбыт биэриитин иһитиннэрдэ.

#Путин

T.me/ValeriNikolaev.com
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺 Владимир Путин:
"Украина байыаннай сулууспата кэхтэн эрэр, онтон Россия армията иннин диэки барар".

#Путин

T.me/ValeriNikolaev.com
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺 Владимир Путин фронтан байыастар дьиэлэригэр төннө иликтэринэ, демография кыһалҕата быһаарылла илигинэ, онтон да атын былаан туола илигинэ бэйэтин дьоллооҕунан ааҕымматын этиннэ.

#Путин

T.me/ValeriNikolaev.com
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺 "Россияны бэйэм дьиэ кэргэним, Россия олохтоохторун барыларын бэйэм чугас дьонум курдук ааҕабын. Кэлэн иһэр үтүө бырааһынньыктарга, Саҥа дьылга, Ороһооспоҕо оҕолоргутугар улахан болҕомтону уурун", - диэн этиитинэн Владимир Путин быһа биэриитин түмүктээтэ

#Путин

T.me/ValeriNikolaev.com
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Дойду Президиэнэ Владимир Путин быһа биэриитин көрдүм. Президент биэриигэ 4 час 27 мүнүүтэ нэһилиэнньэттэн киирбит ыйытыыларга эппиэттээтэ.

Президент сүрүн этиилэрин улууспут олохтоохторугар анаан сахалыы тылбаастаан суруйа олорон, Владимир Путин этиилэрин сахалыы тыыннаан, сахалыы өйдөөн быдан чугастык ылынан иһиттим.

Дойдубут Президиэнэ чахчы Аан Дойду үрдүгэр саамай күүстээх, бастыҥ Лидер буоларын өссө төгүл көрдөрдө. Хас биирдии киирбит ыйытыыга ис сүрэҕиттэн аһаҕастык уонна дьоҥҥо тиийимтиэтик быһааран толору эппиэти дьоҥҥо биэрдэ.

Быйылгы биэриигэ сүрүн таарыллыбыт хайысха - анал байыаннай дьайыы буолла. Анал байыаннай дьайыы тиэмпэтэ, туруга, кыттыылаахтара кэпсэтиигэ элбэхтэ таарылыннылар. Ол курдук, Владимир Владимирович Путин анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар туһаайыллыбыт бырагырааммаларга уонна волонтердар үлэлэригэр болҕомтотун уурда.

Маны сэргэ дьиэ кэргэҥҥэ, оҕо төрөөһүнүгэр Президент элбэхтэ тохтоото. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ судаарыстыба бары өттүнэн көмөлөһүөхтээҕин бэлиэтээтэ.

Дойдубут Президиэнэ Владимир Путин модун Россиябыт туһугар сыралаах үлэтин, ылынар сөптөөх быһаарыныыларын бары өйөөн, түмсүүлээх буоллахпытына бары хайысхаҕа кыайыылаах тахсыахпыт.

Маннык күүстээх Президиэннээх буоламмыт эйэлээх халлаан олохтоноро ырааҕа суох эбит диэн эрэл кыыма умайда.

#Путин

T.me/ValeriNikolaev.com
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, “Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө дьыала хамсааһын өйөбүлүнэн Үөһээ Бүлүүгэ доруобуйа харыстабылын уонна үөрэх салаатын исписэлиистэригэр 4 служебнай квартиралар күлүүстэрин туттардыбыт.

Быйыл "Мин Сахам Сирэ ХХI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын ыыппыт күрэҕэр кыттыбыт 10 сайаапкабытыттан 4-дэ кыайан, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр Интернациональная уонна Школьная уулуссаларга улуус суотугар уопсайа 217,65 кв.м. иэннээх 4 квартираны ыларга 21 мөл. 291 тыһ. солкуобай өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллүбүтэ.

Ол курдук, үөрүүлээх быһыыга-майгыга саҥа квартиралар күлүүстэрин туттардыбыт:

Дьокуускай куораттан кэлбит Нестеревтар дьиэ кэргэҥҥэ - "Земский доктор" бырагыраамма кыттыылааҕар отоларинголог бырааска Лилия Борисовнаҕа уонна "Земский доктор" бырагыраамма кыттыылааҕар, стоматолог бырааска Павел Васильевичка;
Туобуйа нэһилиэгиттэн кэлбит доруобуйа харыстабылын үлэһитигэр Семенова Айыына Агитовнаҕа уонна кини дьиэ кэргэнигэр;
Икки оҕолоох Перовтар дьиэ кэргэҥҥэ - Чурапчыттан кэлбит Д.С. Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи улууснай гимназия алын сүһүөх учууталыгар Анисия Петровнаҕа уонна Мэҥэ Хаҥаластан кэлбит Д.С. Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи улууснай гимназия үлэһитигэр Иван Александровичка;
Амма улууһуттан кэлбит өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическэй киин Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын педагог-психологар Петрова Дайаана Николаевнаҕа.

Бу үөрүүлээх түгэммитин үллэстэ Дьокуускай куораттан "Мин Сахам Сирэ -ХХI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын салайааччыта Алексей Дмитриевич Петров кэллэ уонна саҥа квартиралары ылбыт исписэлиистэри эҕэрдэлээтэ.

Инникитин да бу бырагырааммаҕа ситиһиилэхтик кыттаммыт, улууспутугар туһалаах уонна олус наадалаах исписэлиистэр кэлиилэрин көҕүлээн служебнай квартиралары ылыыны тиһигин быспакка салҕыахпыт диэн эрэллээхпит.

Бүгүн саҥа күлүүс тылын ылбыт исписэлиистэрбитин итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит уонна улууспут олохтоохторун уйгута тупсарыгар туһаламмыт үлэҕит ситиһиилээх буоллун диэн баҕа санаабытын этэбит.

#СаҥаСүүрээн
#Сайдыы
#СлужебныеКвартиры
#ВерхневилюйскийУлус

T.me/ValeriNikolaev.com
Кэнтик нэһилиэгэр "Тыа сирэ биир кэлимник сайдыыта" диэн Российскай Федерация судаарыстыбынай бырагыраамматын чэрчитинэн саҥа фельдшерско-акушерскай пуун үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.

Саҥа ФАП дьиэтэ уопсайа 110 квадраттаах иэннээх, аныгылыы тутуулаах, толору хааччыллыылаах быйылгы сылга биһиги улууспутугар саҥа доруобуйа харыстабылын эбийиэгэ буолар.

Саҥа ФАП дьиэтин күлүүһүн "Мин Сахам Сирэ - ХХI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын салайааччыта Алексей Дмитриевич Петров Кэнтик фельдшерыгар Ньургуйаана Егоровна Лебедкинаҕа туттарда.

Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторун саҥа фельдшерскай акушерскай пуун арыллыбытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Чэгиэн чэбдик, уһун дьоллоох олохтоох буолуҥ!

Салгыы улууспутугар саҥа доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрэ элбииллэригэр, чуолаан саҥа медицинскэй үлэһиттэр кэлэллэригэр күүстээх үлэ ыытар былааннаахпыт.

#ФАП
#КомплексноеРазвитиеСельскихТерриторий
#ВерхневилюйскийУлус

T.me/ValeriNikolaev.com
Кэнтик нэһилиэгэр элбэх хайысхалаах култуура киинин хапытаалынай өрөмүөнэ түмүктэннэ. Нэһилиэк 125 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин түмүк кэнсиэрдэ саҥардыллыбыт култуура киинигэр ыытылынна.

2022 сыллаахха өрөмүөнү оҥорууга "Тыа сирин аныгылыы көстүүтэ" диэн федеральнай бырагыраамма чэрчитинэн уопсайа 38 мөл солкуобай үбүлэммитэ.

Эбийиэк "Мин Сахам Сирэ - XXI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын өйөбүлүнэн 2016 сыллаахха тутуллан өрөспүүбүлүкэҕэ 1000-с тутууннан киирбитэ.

Кэлиҥҥи сылларга тутуу турбут сирэ ирэн, эбийиэк өрөмүөннэнэр туруктаммыта. Култуура киинин саҥардар сыалтан федеральнай бырагырааммаларга кыттан кыайан, үп-харчы булуллан 2024 сыл сайыныттан үлэ саҕаламмыта. Дьиэ көтөҕүллэн, акылаата уларыйан, Саха Сиригэр бастакытын тутуллан турар дьиэ анныгар свая түһэриллэн балысханнаах үлэ ыытылынна.

"Саҥардыллыбыт элбэх хайысхалаах култуура киинэ өр сылларга нэһилиэк олохтоохторун үөрүүтүгэр сулууспалаатын", - диэн бэйэтин баҕа санаатын "Мин Сахам Сирэ - XXI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын салайааччыта Алексей Дмитриевич Петров эттэ.

Күндү Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторо, дьоҕургут өссө арыллан, сайдан истин! Сылаас, сырдык аныгы тутуулаах саҥардыллыбыт култуура эбийиэгэ саҥа талааннар тахсалларыгар төһүү күүс буоллун!

#СовременныйОбликСельскихТерриторий
#Кэнтик
#ВерхневилюйскийУлус

T.me/ValeriNikolaev.com
П.А. Ойуунускай аатынан саха академическай театр артыыскатын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыскатын киэн туттар биир дойдулаахпытын Домна Васильевна Уйгурованы "Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа" үрдүк ааты ылбыккынан итиитик-истиҥник "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон дьаһалтатын аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан эҕэрдэлиибин.

Саха култуурата сайдарыгар, киэн эйгэҕэ ааттанарыгар өр сыллаах үтүө суобастаах үлэн үрдүктүк сыаналана, дьон-сэргэ кэрэхсэбилин ыла турдун! Тыйаатыр чаҕылхай сыанатыгар дьону-сэргэни үөрдэ, өр кэмҥэ ытыс тыаһыгар угуттанан күлүмнүү сыдьаайа сырыт. Айдарыылаах дьоҕургар сүгүрүйэн, махтанан туран, чэгиэн доруобуйаны, айымньылаах үлэни, дьоллоох, уйгулаах олоҕу баҕарабыт.

Эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга В.В. Николаев.

#НароднаяАртисткаРСЯ

T.me/ValeriNikolaev.com
Уважаемые работники энергетической области Верхневилюйского района!

Сердечно поздравляю вас с Днем энергетика — праздником, который объединяет людей, работающих в одной из самых важных и ответственных отраслей нашей жизни!

Энергетика — это не просто профессия, это призвание. Ваш труд обеспечивает стабильность и развитие нашего района, создает комфортные условия для жизни и работы. Благодаря вашему профессионализму и самоотверженности мы можем уверенно смотреть в будущее.

В этот день хочу выразить благодарность всем энергетикам за вашу нелегкую и ответственную работу. Вы — настоящие профессионалы, которые ежедневно работают на благо людей, обеспечивая надежное электроснабжение и безопасность.

Желаю вам здоровья, удачи и новых профессиональных достижений! Пусть ваша работа всегда приносит удовлетворение, а в домах царит тепло и уют!

С уважением, Глава Верхневилюйского района В.В. Николаев.

#ДеньЭнергетика

T.me/ValeriNikolaev.com
2024/12/30 23:17:09
Back to Top
HTML Embed Code: