Telegram Group & Telegram Channel
Чыамайыкыга сиртэн хостонор баайы чинчийии тула нэһилиэнньэни кытта көрсүһүү буолла

➡️ Бүгүн, тохсунньу 24 күнүгэр, сиртэн хостонор баайы чинчийии үлэлэрин тула Чыамайыкы нэһилиэгин олохтоохторун кытта атах тэпсэн олорон кэпсэттибит диэн улуус баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрэр.

➡️ Көрсүһүүгэ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньах Сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырамыысаланнаһын уонна геологиятын миниистирин солбуйааччы Андрей Сычевскай, Саха Өрөспүүбүлүкэтин экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Николай Додохов, «Якутскгеология» тэрилтэ эппиэттээх үлэһиттэрэ, ыаллыы Амма улууһуттан улуус салалтата, уопсастыбанньыктар кыттыыны ыллылар.

➡️ Бу сылларга «Якутскгеология» тэрилтэ Чыамайыкы сиригэр-уотугар чиничийии үлэтин ыытар. Былаан быһыытынан миэстэтигэр ыытыллар үлэ 2026 сылга түмүктэниэҕэ, ол кэннэ ылыллыбыт матырыйаалы салгыы үөрэтэн, чинчийэн, быһа холоон 2030 сыллаахха бу бырайыак экономика өттүнэн төһө туруктааҕын ааҕан-суоттаан, түмүк тахсарын туһунан «Якутскгеология» салайааччы дириэктэрэ Алексей Андреев иһитиннэрии оҥордо.

➡️ Мунньах сүнньүнэн олохтоохтортон киирбит ыйытыктарга хоруйдаатылар. Маны таһынан мустубут дьон тайаҕы бултааһын сиэрэ суох элбээбитин, манна хонтуруол күүһүрэрэ наадатын, олохтоох нэһилиэнньэ санаата, этиитэ булт болдьоҕор учуоттаныахтааҕын туһунан этиннилэр.

➡️Түмүккэ киирбит этиилэргэ олоҕуран ыытылла турар үлэлэргэ уопсастыбаннай хонтуруолу олохтуур итиэннэ маннык көрсүһүүлэри сылын ахсын тэрийэн ыытар туһунан быһаарыы ылылынна.

@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM

group-telegram.com/iltumen/6954
Create:
Last Update:

BY Новости Ил Тумэн

Share with your friend now:
group-telegram.com/iltumen/6954

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

Recently, Durav wrote on his Telegram channel that users' right to privacy, in light of the war in Ukraine, is "sacred, now more than ever." What distinguishes the app from competitors is its use of what's known as channels: Public or private feeds of photos and videos that can be set up by one person or an organization. The channels have become popular with on-the-ground journalists, aid workers and Ukrainian President Volodymyr Zelenskyy, who broadcasts on a Telegram channel. The channels can be followed by an unlimited number of people. Unlike Facebook, Twitter and other popular social networks, there is no advertising on Telegram and the flow of information is not driven by an algorithm. He adds: "Telegram has become my primary news source." But Kliuchnikov, the Ukranian now in France, said he will use Signal or WhatsApp for sensitive conversations, but questions around privacy on Telegram do not give him pause when it comes to sharing information about the war. The last couple days have exemplified that uncertainty. On Thursday, news emerged that talks in Turkey between the Russia and Ukraine yielded no positive result. But on Friday, Reuters reported that Russian President Vladimir Putin said there had been some “positive shifts” in talks between the two sides.
from us

Telegram Новости Ил Тумэн
FROM American