group-telegram.com/chokhoon/3325
Last Update:
ЧАХЧЫЛААХ ЫЙЫННЬЫК
Үрүҥ эһэ сиргэ сылдьар сиэмэх кыыллартан саамай бөдөҥнөрө. Ыйааһына 1 туоннаҕа, уһуна 3 миэтирэҕэ тиийэр эбит. Төһө да кураанах сиргэ төрөөбүтүн иһин, үксүн муораҕа, уулаах сиргэ сылдьар. Билим эйгэтигэр Ursus Maritimus – муора эһэтэ диэн өйдөбүллээх эбит.
Үрүҥ эһэ ууһут бэрдэ. Ас көрдөөн, Аляскаттан 600 км.тахса сири харбаан, тыһы эһэ рекорд олохтообута.
Үрүҥ эһэ ууттан кураанах тахсар эбит. Тоҕо диэтэххэ, түүтэ сыалаах буолан инчэйбэт эбит. Түүтэ халыҥ уонна курдары көстөр, пигменнара суох. Күн уотун тэйитэн үрүҥ өҥнөнөн көстөр. Оттон тириитэ хара өҥнөөх. Ол иһин сылааһы үчүгэйдик тутар эбит.
Үрүҥ эһэ сыты ыраахтан билэр. Холобур, түлүөн сытын 32 км.ыраахтан ылар эбит. Кинилэр олус чэнчис кыыллар, күн аайы 15 – 20 мүнүүтэ ыраастаналлар.
Үрүҥ эһэлэргэ 2008 сылтан икки бэлиэ күн баар. Олунньу 27 күнүгэр Үрүҥ эһэ Аан дойдутааҕы күнэ, ахсынньы 29 күнүгэр Үрүҥ эһэ төрөөбүт күнэ бэлиэтэнэр.
Үрүҥ эһэлэр Сахабыт сирин уһук хоту өттүгэр бааллар.
@chokhoon
BY ЧОХООН

Share with your friend now:
group-telegram.com/chokhoon/3325