group-telegram.com/uamurusahargata/41121
Last Update:
Ураты суоллаах көхтөөх күн. Арай аттыгар баар дьону кытта өйдөспөт быһыы-майгы үөскүөн сөп эрээри, эн курдук чэпчэки тыыннаах киһи этэҥҥэ аһарыаҥ.
Инникини ырыҥалыырга холку, табыгастаах күн. Харчы чааһыгар билиҥҥитэ уу нуурал. Улахан ороскуотурууттан сэрэнээр.
Баппат баҕаҥ санаабыккын толоруо эрээри, быһымах быһаарыныыттан сэрэн. Тулалыыр дьонуҥ өйөбүлэ тирэҕи биэрэр.
Сылааҥ мунньуллубута суолталаах дьыаланы быһаараргар мэһэй буолар. Киэһэтин сынньанаргын санаа.
Айар-тутар баҕаҥ өрөгөйүгэр сылдьаҕын. Саҥаҕа ылсартан куттаныма – ситиһии чугас баар.
Көхтөөх үлэ күүтэр. Саҥа толкуйдаргын кэллиэгэлэриҥ сэҥээриэхтэрэ, өйүөхтэрэ.
Настырыанньаҥ кыралаан уларыйар, ону дьону кытта алтыһыыҥ көннөрүө. Үп-харчы чааһыгар туругуҥ үчүгэй.
Сэрэйэн көрөр дьоҕуруҥ хардыыларгын ыйыа. Билэр дьонуҥ сүбэлэрин болҕой.
Үөрэнэргэ, бэйэни сайыннарарга табыгастаах күн. Эмискэ харчы киириэн сөп.
Үлэҕэр балаһыанньа тыҥыыр. Онуоха быһаарыныыныы түргэнник ылынар хаачыстыбаҥ абырыа.
Санааҥ, толкуйуҥ өйөбүлү ылыа. Саҥа дьону кытта билсэргэ, алтыһарга табыгастаах күн.
Санааҥ өрө көтөҕүллэрэ сүрдээх. Ол эрээри, быһаарына охсума. Өрөбүлгэр айар үлэнэн дьарыктан.