Telegram Group & Telegram Channel
Биир дойдулаахтарбыт, Ил Түмэн председателэ Алексей Еремеев уонна Ил Түмэн тыа хаһаайыстыбатыгар уонна аграрнай политикаҕа сис комитетын председателэ Александр Атласов нэһилиэктэргэ сылдьан олохтоохтору кытта көрсүһэ, отчуоттуу сылдьаллар.

Бүгүн Түбэ нэһилиэгэр тутулла турар оскуола-саады, арендалаан үлэлии олорор олохтоох дьаһалта дьиэтин көрдүлэр-иһиттилэр.

Мунньах саҕаланыыта СР социальнай-экономическай сайдыытыгар кылааттарын иһин Анатолий Дьяконов уонна Гек Дьяконов кыһыл көмүс бэлиэлээх Ил Түмэн Бочуоттаах грамотатынан наҕараадаланнылар.

Алексей Ильич республикаҕа туох үлэ-хамнас ыытылла турарын, ханнык сокуоннарга уларыйыылар киирбиттэрин, дойду политическай балаһыанньатын, халаан кэннэ чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ хайдах ыытыллыбыттарын, бюджекка хантан дохуот киирэрин, хайдах ороскуоттанарын о.д.а. сиһилии быһааран кэпсээтэ.

Александр Павлович тыа хаһаайыстыбатыгар саҥа уларыйыылар тустарынан илдьиритэн кэпсээтэ. Субсидия харчыта төбөҕө уонна биир литр үүккэ түһү төлөнөр буоларын ырытыһан кэпсэттилэр.

Оскуола директора Евдокия Шарина Мария Охлопкова букубаарын үөрэх булгуччулаах испииһэгэр киллэриэххэ наада диэн этии киллэрдэ. Оскуола-саад тутуута саҕаламмытыгар Ил Түмэн салайааччыларыгар махталын эттэ. Нэһилиэк ытык ветерана Розалия Лукина уонна хас да олохтоох саха тылын үөрэтии боппуруоһун күүскэ туруордулар. Маныаха Алексей Еремеев бу хайысхаҕа туох үлэ бара турарын быһааран кэпсээтэ. Элбэх кэтээн көрүү кэнниттэн: оҕолор билигин үс көрүҥҥэ арахсаллар – өйдүүр уонна саҥарар оҕо, өйдүүр уонна саҥарбат оҕо, өйдөөбөт да саҥарбат да оҕо. Бу үс оҕоҕо атын-атын үөрэтэр ньыма наада. Уонна үлэни уһуйаантан саҕалыахха наада диэн эттэ.

Түбэ нэһилиэгэр быйыл Балыктааһын сылынан биллэриллибит. Онуоха туох эмит субсидия көрүллүө дуо диэн ыйыттылар. Бензин ыараан, туох барыта ыарыы, үрдүү турарын сонньуйа эттилэр.

Олохтоохтор мунньах түмүгэр Ил Түмэн депутаттара маннык кэлэн көрсөн, кэпсэтэн бараллара олус хайҕаллааҕын этэн туран, махтаннылар.

«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата

group-telegram.com/namskiyulus/50633
Create:
Last Update:

BY Администрация МО «Намский улус»

Share with your friend now:
group-telegram.com/namskiyulus/50633

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

The regulator said it has been undertaking several campaigns to educate the investors to be vigilant while taking investment decisions based on stock tips. He adds: "Telegram has become my primary news source." Individual messages can be fully encrypted. But the user has to turn on that function. It's not automatic, as it is on Signal and WhatsApp. After fleeing Russia, the brothers founded Telegram as a way to communicate outside the Kremlin's orbit. They now run it from Dubai, and Pavel Durov says it has more than 500 million monthly active users. The gold standard of encryption, known as end-to-end encryption, where only the sender and person who receives the message are able to see it, is available on Telegram only when the Secret Chat function is enabled. Voice and video calls are also completely encrypted.
from ye

Telegram Администрация МО «Намский улус»
FROM American