group-telegram.com/uamurusahargata/41059
Last Update:
#дьиктичахчылар
🎄Саҥа дьыл диэн аан бастакынан киирбит судаарыстыбата –
Месопотамия. Онно ити үгэс өссө биһиги эрабыт иннинэ үһүс тыһыынча сылга киирбитэ.
🎄 Саҥа дьылы аан бастакынан Кирибати диэн судаарыстыбаҕа бэлиэтииллэр. Кирибати сир шарын бары полушариетын хабарынан уратылаах. Онно Саҥа дьылы, Москва бириэмэтинэн, күнүс 13 ч. бэлиэтииллэр.
🎄Арассыыйаҕа Саҥа дьылы ахсынньы 31 күнүттэн тохсунньу 1 күнэ буолар түүнүгэр көрсүү Бүөтүр I Ыраахтааҕы кэмигэр баар буолбута. Онуоха диэри 988 с. христианство ылыллыаҕыттан Саҥа дьылы кулун тутар 1 күнүгэр, онтон 1492 с. балаҕан ыйын 1 күнүгэр бэлиэтиир буола сылдьыбыттара.
🎄Харыйаны саардарынан киэргэтии баара эрэ биир үйэ анараа өттүгэр баар буолбут. Ити иннинэ дьаабылыканы иилэллэр эбит. Биир кэмҥэ дьаабылыка үүнүүтэ мөлтөөн, ''стеклодувы' дэнэр өстүөкүлэни үрэр маастардар саардары оҥорор буолбуттар. Онтон ыла харыйаны сааардарынан симиир үгэс баар.