group-telegram.com/Ammosov_Gosduma/428
Create:
Last Update:
Last Update:
...мин көрдүм саадьаҕай көхсүгэр
Мин сахам ынаҕа ол иһэр
Кутаччы уулаабыт ойбоҥҥо,
Сүөгэйдиин, хаамардыын эриэккэс
Урааҥхай таҥара илдьитэ.
***
Тыла суох кэпсиигин эн миэхэ
Урукку-хойукку кэмнэри,
Урааҥхай олоҕун төлкөлөөн
Саадьаҕай көхсүгэр суруллар:
***
Лыыбырда туһунан бичийбит
Охтоохтон охтубат боотуру,
Мин көрдүм оҕуһум сүнньүгэр
Бэрт Хара иҥиирдээх харытын.
***
Эҥсиэли, Эркээни, Туймаада
Саадьаҕай туйаҕа тиийбитэ,
Эҥсиллэр үйэни уҥуордаан
Күн бүгүн бар-дьоҥҥо тэнийдиҥ.
***
Ол эрэн өйдөөтүм мин биири
Саадьаҕай эн баарыҥ тухары,
Сахалар быстыбат суолбутун
Тобулан булуохпут куруутун.
10.04.2021
BY Красный снеговик
❌Photos not found?❌Click here to update cache.
Warning: Undefined variable $i in /var/www/group-telegram/post.php on line 260
Share with your friend now:
group-telegram.com/Ammosov_Gosduma/428