Telegram Group & Telegram Channel
"Арассыыйа ийэлэрэ" общественнай түмсүү Сунтаардааҕы салаатын салайааччыта Дарья Григорьева СВО-ҕа көмө туһунан суруйуутун ааҕыҥ👇

Үлэлээбиппит 4-с ыйыгар барда, "Харысхал" түмсүү бастайааннай үлэлэһиттэрэ 20-чэбит, үксэ 60-65-70-75 саастаах Далбар Хотуттар буолаллар❤️

Бу түмсүүнү тэрийэн саҕалааччыларынан, улууспут общественнай түмсүүтүн салайааччыта, урбаанньыт, "Корона" фирма хаҺаайката, Республикабыт Общественнай Палататын чилиэнэ, РКСВО координатора, Сунтаардааҕы "Матери России" чилиэнэ -Львова Надежда, уонна Сунтаар улууҺун депутата, волонтёр-общественник - Макарова Жанна буолаллар.

Мин, Сунтаар улууҺун ВОД "Матери России" салайааччыта буоларым быҺыытынан бу "Харысхал" түмсүүгэ бэйэм кылааппын эмиэ киллэрсэр баҕаттан үлэлэҺэ сылдьабын.

Үлэлээбиппит 4-с ыйыгар барда,ол тухары 70-тан тахса араас размердаах харыстыыр сиэккэ өрүлүннэ, онно эбии Сунтаар нэҺилиэгэр 7 тэрилтэҕэ (ол иҺигэр улуус дьаҺалтатыгар) филиаллар тэриллэннэр үлэлэрин быыҺыгар сиэккэ өрөллөр🙌

Ону тэҥэ, 5 нэҺилиэккэ эмиэ сиэккэ өрөр штаб тэринэн үлэлии олороллор, улуус үрдүнэн уопсайа баҺаам сиэккэ өрүлүннэ🙌 Ону тэҥэ биҺиэхэ иллэҥ кэмнэригэр нэҺилиэнньэбит дьоно, тэрилтэлэр үлэҺиттэрэ, колледж студеннара, оскуола оҕолоро кэлэн сиэккэ өрөргө улахан көмөнү оҥороллор🙌

БиҺиги Мирнэйдээҕи " Мы вместе" волонтёрскай штабы кытта ыкса сибээс олохтоон үлэлиибит, кинилэринэн СВО-ҕа сылдьар уолаттарбытыгар адреснай баҺыылкалары ыытабыт, хас биирдии сеткаларбытын кытта нэҺилиэнньэбит дьоно мунньубут гуманитарнай көмөлөрүн, уолаттарга наадалаах таҥас-сап, кэмпиэт, бэйэбитигэр оҥоҺуллубут харысхаллары, о.д.а. угабыт.

Уолаттарбыт дойдуларыттан баҺыылкаларбытын тутаннар үөрэллэриттэн биҺиги дьоллонобут

Ону тэҥэ уоппускаҕа кэлэ сылдьар уолаттарбыт баралларыгар эмиэ сиэккэ, кэҺии биэрэн ыытабыт.

Гуманитарнай көмөнү хомуйуу эмиэ биҺиги балаҕаммытыгар тэриллэр, элбэх киҺи көмө аҕалалларыттан олус үөрэбит, махтанабыт🙌 Биир улахан көмөнү улууспут дьаҺалтата оҥорбута, сиэккэлэрбитин өрөр материалларбытын ыларга диэн 100т сертификат биэрэннэр материал арааҺын сакаастаммыппыт уонна да элбэх урбаанньыттартан, биирдиилээн да дьонтон, тэрилтэлэртэн үбүнэн көмө болбуттара олус туҺалаата🙌

Ити курдук төрүкү даҕаны Олонхо дойдута Сунтаарбыт куруук түмсүүлээх, үтүө санаалаах дьонунан аатырыан аатырар диэтэхпинэ отой сыыспатым боло Маннык, кыра да буоллар СВО сылдьар Хорсун Буойун уолаттарбытыгар күүстэригэр күүс эптин, санааларын көтөхтүн,кыайыыны чугаҺаттын!

Бука бары Кыайыы көтөллөөх, доруобай, этэҥҥэ дойдуларыгар эргиллэн кэллиннэр диэн Алгыс тылбытын тиэрдэбит, Үрдүк Айыыларбытыттан көрдөҺөбүт!🙏🙏🙏

group-telegram.com/OnnukKrdk/67702
Create:
Last Update:

BY OnnukKrdk

Share with your friend now:
group-telegram.com/OnnukKrdk/67702

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

Some privacy experts say Telegram is not secure enough The gold standard of encryption, known as end-to-end encryption, where only the sender and person who receives the message are able to see it, is available on Telegram only when the Secret Chat function is enabled. Voice and video calls are also completely encrypted. "He has kind of an old-school cyber-libertarian world view where technology is there to set you free," Maréchal said. The picture was mixed overseas. Hong Kong’s Hang Seng Index fell 1.6%, under pressure from U.S. regulatory scrutiny on New York-listed Chinese companies. Stocks were more buoyant in Europe, where Frankfurt’s DAX surged 1.4%. Since January 2022, the SC has received a total of 47 complaints and enquiries on illegal investment schemes promoted through Telegram. These fraudulent schemes offer non-existent investment opportunities, promising very attractive and risk-free returns within a short span of time. They commonly offer unrealistic returns of as high as 1,000% within 24 hours or even within a few hours.
from us

Telegram OnnukKrdk
FROM American