Telegram Group Search
Бүгүн улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар орто үөрэхтээх медицинэ каадырдарын бэлэмнииргэ туһаайыллыбыт 4 өрүттээх сөбүлэҥи "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон, В.А. Вонгродскай аатынан Дьокуускайдааҕы медицинскай колледж, Я.П. Егоров аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи киин балыыһа уонна Д.С.Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназия буолан түһэристибит.

Сүбэлэҥҥэ Дьокуускайдааҕы медицинскай колледж дириэктэрэ Дмитрий Афанасьевич Алексеев, улуустааҕы киин балыыһа сүрүн бырааһа Сардаана Николаевна Павлова, Д.С.Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназия дириэктэрэ Сергей Николаевич Кардашевскай буоламмыт илии баттастыбыт.

Эһиилги үөрэх сылыгар Үөһээ Бүлүүгэ арыллар Дьокуускайдааҕы медицинскай колледж салаата өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 15-с буолар.

Устудьуоннар медсестра идэтигэр 1 сыл 10 ый, фельдшер идэтигэр 2 сыл 10 ый үөрэниэхтэрэ, маны таһынан үчүгэйдик үөрэнэр устудьуоннарга стипендия көрүллэр буолуоҕа.

Медицинскай колледж салаата Д.С.Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназия баазатыгар арыллар. Тохсунньу ыйтан колледж уһуйааччылара Үөһээ Бүлүүгэ кэлэн үлэни кытары билсиэхтэрэ.

Дьокуускайдааҕы медколледж Үөһээ Бүлүүтээҕи салаатыгар уопсайа 50 үөрэх миэстэтэ, ол иһигэр 34 бюджетнай, 16 төлөбүрдээх миэстэ баар буолуоҕа.

Идэлэрин уларытыан, медицина хайысхатыгар сайдыан, улууспут олохтоохторун доруобуйата тупсарыгар кылааттарын киллэриэн баҕалаах дьоммутун эһиилги үөрэх сылыгар Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж Үөһээ Бүлүүтээҕи салаатыгар үөрэххэ кэтэһэбит.

Улууспутугар билигин турар сытыы кыһалҕабыт, медицинскэй үлэһит, тыаларга фельдшер тиийбэт боппуруоһун кэлэр сылларга бу Сүбэлэҥ көмөтүнэн, медколледж үлэтин түмүгэр быһаарыахпыт диэн эрэлбит улахан.

#Медколледж
#Верхневилюйскийулус

T.me/ValeriNikolaev.com
Ахсынньы 26 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһугар икки эбийиэк: Сургуулук орто оскуолата уонна Анегина Егоровна Ильина-Дмитриева аатынан Нам нэһилиэгин норуот айымньытын киинэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылыннылар.

Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, Нам нэһилиэгэр саҥа норуот айымньытын киинэ арыллыбытынан сибээстээн, алмаас тааска СССР норуодунай артыыскатын Анегина Егоровна Ильина-Дмитриева аатын иҥэрэр үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна.

2024 сыл атырдьах ыйын 9-с күнүгэр "Алроса" акционернай хампаанньыйа "Новинка" трубкатыттан хостоммут 74,5 караттаах алмааска Саха Өрөспүүбүлүкэтин, РСФСР уонна СССР норуодунай артыыскатын Анегина Егоровна Ильина-Дмитриева аатын иҥэрэр туһунан туоһу суругу “АЛРОСА” аахсыйалаах хампаанньа генеральнай директорын сүбэһитэ Платонов Анатолий Васильевич эҕэрдэлээн туран туттарда.

Алмааска аат иҥэриллэрин туһунан "Алроса" АХ генеральнай директора Павел Алексеевич Маринычев 2024 сыл алтынньы 24 күнүгэр баттаабыт 01/297 - П нүөмэрдээх бирикээһин ытыс дохсун тыаһыгар, дьон-сэргэ көрүүтүгэр-истиитигэр Анатолий Васильевич доргуччу ааҕан билиһиннэрдэ.

Маны сэргэ, Нам нэһилиэгин олохтоохторун саҥа, тупсаҕай дьүһүннээх култуура эбийиэгэ үлэҕэ киирбитинэн СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин бастакы солбуйааччыта, биир дойдулаахпыт Мария Васильевна Турантаева эҕэрдэлээтэ.

Нам нэһилиэгин олохтоохторун өр кэтэспит бэлиэ түгэҥҥитинэн - саҥа норуот айымньытын киинэ арыллыытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Саҥа култуура дьиэтэ дьоҕурдаах дьону-сэргэни, кэнчээри ыччаты сайыннардын, өр үйэҕэ олохтоохтору үтүө тэрээһиннэринэн үөрдэ турдун!

Ытыктабыллаах Анегина Егоровна!
Эн улуу ааккар, чаҕылхай дьоҕургар, айдарыылаах аналгар сүгүрүйэн туран, дойдугар Нам нэһилиэгэр арыллыбыт саҥа култуура дьиэтигэр, маны сэргэ Сахабыт Сирин баайыгар - алмаас тааска аатын иҥэриллибитинэн, үйэтитиллибитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Улуу киһибит улуу аата алмаас таастыы күлүмүрдүү, култуура сырдык суолугар саҥа көлүөнэ ыччаты угуттуу турдун!

#АнегинаИльина
#Алроса
#ДомНародногоТворчества
#ВерхневилюйскийУлус

T.me/ValeriNikolaev.com
Бүгүн, ахсынньы 28 күнүгэр, В.А. Вонгородскай аатынан Дьокуускайдааҕы медицинскай колледжка үөрэнэр Үөһээ Бүлүү ыччатын кытта көрүстүм.

Билигин кыһыҥҥы үөрэх практикатын кэмигэр 54 устудьуон дойдуларыгар практикалана кэлэ сылдьаллар, ол иһигэр 52 Дьокуускайдааҕы медколледж уонна 2 ХИФУ медицинскай инситутун устудьуоннара.

Көрсүһүүгэ быйыл үөрэхтэрин бүтэрэр устудьуоннарга анаан Үөһээ Бүлүүгэ медицинэ эйгэтигэр аһаҕас үлэ миэстэлэрин уонна эдэр исписэлиистэргэ көрүллэр көмө туһунан киин былыыһа сүрүн бырааһын солбуйааччыта Мария Николаевна Прокопьева билиһиннэрдэ. "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон бэйэтин өттүттэн саҥа үлэлии кэлбит медицинэ исписэлиистэригэр дьиэ арендалаһарга көмө буолар. Ол курдук, ыйдааҕы аренда төлөбүрүттэн 50% улуус бэйэтэ уйунар. Маны сэргэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааммаларга кыттан служебнай квартиралары элбэтээһиҥҥэ сиэрдээх үлэ ыытабыт. Быйыл конкурска кыттан кыайаммыт 4 служебнай бары өттүнэн хааччыллыылаах квартиралары ыламмыт, эдэр исписэлиистэргэ: отоларинголог, стоматолог уонна психолог быраастарга саҥа квартиралар күлүүстэрин туттарбыппыт.

Бастатан туран эдэр исписэлиистэр улууспутугар кэлиилэрин көҕүлээммит, үчүгэй олорор усулуобуйа олохтуохтаахпыт. Кэлии исписэлиистэри дьиэннэн хааччыйарга сыаллаан служебнай квартиралары улуус киинигэр эрэ буолбакка, тыаларга эмиэ тутары ситиһиэхтээпит. Дьокуускайдааҕы медколледж салаата эһиилги үөрэх сылыттан Үөһээ Бүлүүгэ арыллар буолбутунан сибээстээн, аны аҕыйах сылынан фельдшера суох тыаларбытын фельдшерынан хааччыйыахпыт диэн эрэллээхпит.

Устудьуон ычаттарбыт көрсүһүүгэ көхтөөхтөр, бэйэлэрэ интириэһиргиир ыйытыктарын биэрэн, санааларын үллэстэн, этиилэрин киллэрэн сэргэх, интириэһинэй, инникини түстүүр кэпсэтии таҕыста.

Этэҥҥэ ситиһиилээхтик үөрэххитин бүтэрэн, төрөөбүт, улааппыт дойдугутугар эргиллэн кэлэн үтүө үлэһит дьон буолаарыҥ!

#Медколледж
#Студенты
#МолодежьВерхневилюйскогоУлуса

T.me/ValeriNikolaev.com
Үөһээ Бүлүү улууһугар 2024 сылга тыа хаһаайыстыбатыгар 16 сүөһүннэн сылгыннан дьарыгырар потребительскай кооперативтар, 74 бааһынай хаһаайыстыбалар үлэлииллэр.

2024 сыл ахсынньы 1 күнүнээҕи туругунан улууска уопсай сүөһү ахсаана 9720 төбө, ол иһигэр 3907 ыанар ынах баар. Сылгы ахсаана 9003 төбө, ол иhигэр 4920 биэ.

Быйылгы үүт туттарыытыыгар 2559 тонна былааннаммытыттан, 1530 тонна 439 киилэ туттарылынна.

Быйыл биһиэхэ Үөһээ Бүлүүгэ үүт туттарыы хаһааҥҥытааҕар даҕаны дьэҥкирдик, аһаҕастык ыытылынна. Ол курдук, быйыл тэриллиилээх хаһаайыстыбаларбыт бу сылга 1530 тонна үүтү туттараннар, эрдэ былааннаммыт тонна үүт туолбатах буолан, үүт харчыта 72 мөлүйүөн солкуобай, маны тэҥэ ыанар ынах төбөтүн харчыта 23 мөл. солкуобай өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр төннөр.

Онон быйылгы сылга уопсайынан, 95 мөл. солк. кэриҥэ тыа хаһаайыстыбатыгар туттуллубатах харчы сокуон быһыытынан төптөрү өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр төнүннэ.

Быйылгы үлэ сылыгар улууспут тыа хаһаайыстыбатыгар элбэх дьаарыстааһын үлэтэ ыытылынна. Ол түмүгэр, бары үүт туттарааччыларга харчылара аахсыллан, саҥа сылга үүткэ иэһэ суох үктэнэн эрэбит.

Салгыы, кэлэр сылга тыа хаһаайыстыбатыгар кыһалҕалаах хайысхаларбытын сайыннарарга, өрө таһаарарга үлэни ыытарга былааннары туруорабыт.

Эһиил тохсунньу 1 күнүттэн тыа хаһаайыстыбатыгар саҥа сокуон үлэҕэ киирэр.
Саҥа уларыйыылар киирдэхтэринэ олохтоох салайыныы уорганнара – улуустар уонна куораттааҕы уокуруктар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн тиксэриллибит субвенция кээмэйин бэйэлэрин көрүүлэринэн өрө тутар хайысхаларыгар үбү тыыран биэрэннэр, тыа хаһаайыстыбата балысханнык сайдарыгар тирэх буолар кыахтанабыт. Ол аата быйылгы курдук хаалбыт үбү, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр төннөрбөккө, ордубут харчыны хайысхаларынан үллэриэххэ сөп буолар. Иккиһинэн, улуус сирин-уотун, айылҕатын уонна тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар уратытын аахсан, субсидия ыстаапкатын кээмэйин бэйэбит быһан олохтуур кыахтанабыт.

Улууспут тэриллиилээх хаһаайыстыбалаах фермердарын кытта көрсүһүүгэ төгүрүк остуол тула эһиилги үлэни былааннаспыппыт. Кыһалҕаларга харахпытын саппакка, төптөрүтүн тыа хаһаайыстыбатыгар билигин баар боппуруостарбытын барытын быһаарарга дьулуһуохтаахпыт диэн, бары биир санааҕа кэлбиппит.

#ТыаХаһаайыстыбата
#ҮөһээБүлүү

T.me/ValeriNikolaev.com
2024/12/29 05:57:36
Back to Top
HTML Embed Code: