Telegram Group Search
2024 сыл бүтэһик үлэ нэдиэлэтин сүбэ мууньаҕар түмүктэри таһаардыбыт.

Бу сылга анал байыаннай дьайыыга гуманитарнай сырыыларга сылдьыбыт дьоммутугар махтал суруктары туттарааһынтан сүбэ мунньаҕа саҕалаатыбыт. Ол курдук, Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыгар Альберт Ивановка, Үөдүгэй дьаһалтатын суоппарыгар Иван Федоровка, тыа хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччытыгар Кирилл Гаврильевка, Авиапорт салайааччытыгар Дмитрий Ивановка улуус дьаһалтатын махтал суруктарын туттардым. Бэйэ баҕа өттүнэн байыастарбытыгар гуманитарнай көмөнү тиксэрээһиҥҥэ сылдьыспыт хорсун дьоммут үлэлэрэ кэлэр сырыыларга үтүө холобур буоллун.

Маны сэргэ, СӨ Бэйэни салайыныы Ассоциациятын Сэбиэтин 4-с уочарата суох съеһин түөскэ кэтиллэр бэлиэтинэн уонна Бочуот грамотатынан, өр сылларга улуус дьаһалтатын административнай комиссиятыгар сыралаахтык үлэлээбит, билигин Роспотребнадзор ТО кылаабынай специалиһа Айталина Корякина улуус социальнай сайдыытыгар кылаатын иһин наҕараадаланна.

Сылы түмүктүүр сүбэ мунньах үөрүүлээх чааһыгар улуустааҕы Култуура уонна духуобунай сайдыы департаменын көҕүлээһининэн улуус култуура кииннэрин үлэһиттэрин икки ардыларыгар "Бастыҥ айар бырайыак" ааспыт нэдиэлэҕэ ыытыллыбыт күрэҕин кыайыылаахтарын наҕараадалааһына буолла. Күрэххэ бастакы миэстэни ылбыт Балаҕаннаах нэһилиэгин сынньалаҥ киинин "Сырдык сайын" диэн бырайыага олоххо киирэригэр 100 тыһ. солкуобай сууммалаах сертификат сынньалаҥ киинин дириэктэригэр Михаил Жендринскэйгэ туттарылынна. Иккис миэстэни ылбыт Оҥхой нэһилиэгин култууратын киинин "Өксөкүлээх үс сэргэтэ" бырайыак олоххо киирэригэр анаан 80 тыһ. солкуобайдаах сертификат бырайыак салайааччытыгар Мария Бараховаҕа туттарылынна. Үһүс бочуоттаах миэстэни ылбыт "Норуот айымньытын киинэ" МАТ специалиһын Кэрэчээнэ Николаева "Ытык мэҥэ сирдэр" бырайыагар 50 тыһ. солкуобайдаах сертификат туттарылынна.

Наҕараадаламмыттары итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Сүбэ мунньах салҕанар.

#Планерка
#ВерхневилюйскийУлус

T.me/ValeriNikolaev.com
Бүгүн, ахсынньы ый 24 күнүгэр, улуус дьаһалтатын аактабай саалыгар ааспыт сайын улууспутугар турбут ойуур баһаардарын утары үлэлээбит, тыаларбытын харыстааһыҥҥа сүҥкэн кылааттарын киллэрбит хорсун дьоммутун үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээн наҕараадалары туттартаатыбыт.

Ол курдук, Российскай федерация ойуур хаһаайыстыбатын Бочуоттаах үлэһитэ түөскэ кэтэр бэлиэннэн Терехов Афанасий Васильевич, "Гражданскай килбиэн" түөскэ кэтэр мэдээлинэн Якутлесресурс Үөһээ Бүлүүтээҕи салаатын салайааччыта Захаров Алексей Владимирович, Олох-дьаһах, коммунальнай хаһаайыстыба хайысхатыгар үтүөлэрин, Өрөспүүбүлүкэ социально-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылаатын уонна үтүө суобастаах өр сыллаах үлэтин иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Бочуот грамотатынан Захаров Макар Аркадьевич, СӨ тулалыыр эйгэҕэ уонна айылҕа харыстабылыгар министиэристибэтин Бочуот грамотатынан улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Дмитриевич Иванов, Ойуур хаһаайыстыбатын харыстааһыҥҥа өр сыллаах эҥкилэ суох бэриниилээх үлэтин иһин Авиалесохрана судаарыстыбынай бүддьүөт тэрилтэтин 80 сыллаах үбүлүөйүнэй мэдээлинэн Иванов Василий Васильевич, тулалыыр эйгэ уонна айылҕа харыстабылын министиэристибэтин Бочуот грамотатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи авиаотделение парашютист-баһаарынайа Саввинов Никита Сергеевич наҕараадаланнылар.

Маны сэргэ, ойуур баһаарын умуруорууга күүстээх үлэҕэ тулуурдаахтык, дьаныардаахтык үлэлээбит Якутлесресурс туруу үлэһиттэрэ "За ударный труд" түөскэ кэтэр мэдээлинэн, "Лесоавиа" судаарыстыбынай бүддьүөт тэрилтэтин баһаарынайдара тэрилтэ Бочуот грамотатынан наҕараадаланнылар.

Ойуур баһаардарын ыксаллаах быһыыта Үөһээ Бүлүүгэ ыам ыйын 6 күнүттэн саҕаламмыта. 2024 сылга улууспутугар турбут 31 ойуур баһаарын умуруорууга уопсайа 1509 киһи, 185 техника үлэлээтэ. Ол курдук, Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо, ФБУ Авиалесохрана, ГАУ "Якутлесресурс", МЧС, ОГПС өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна атын улуустар салааларын үлэһиттэрэ, Бурятияттан уонна Тюменьтан авиалесохрана федеральнай этээрээттэрэ, ХИФУ устудьуоннара, самолет-амфибия Бе-200, уу кутар тэриллээх вертолет МИ-8, ардаҕы ыҥырар зондировщик-самолет Үөһээ Бүлүү улууһун тыаларын, ойуурдарын уоттан быыһааһыҥҥа бары күүһү ууран үлэлээтилэр.

Айылҕа күүһүн - уоту тохтоторго күнүстэри-түүннэри сынньанар диэни билбэккэ кыһамньылаахтык үлэлээбит бар дьоммутугар, маны сэргэ, өйөбүлү оҥорбут Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатыгар истиҥ махталбытын тиэрдэбит.

#ЛесноеХозяйство
#ВерхневилюйскийУлус

T.me/ValeriNikolaev.com
Ахсынньы 24 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһугар Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн аан бастакы нэһилиэнньэҕэ анаммыт үбү-харчыны сөпкө туттууга үөрэтэр хабыныат Россия Национальнай баанын пилотнай бырайыагын быһыытынан арылынна.

Кэлиҥҥи кэмҥэ интернет, телефон нөҥүө үлэлиир түөкүттэртэн Саха Сирин олохтоохторо эмсэҕэлииллэрэ элбээн, Россия Баана "Финансовая грамотность" диэн үбү-харчыны сөпкө туттууга анал бырагыраамма оҥорбута.

Улуус баһылыгын үпкэ уонна экономикаҕа солбуйааччы Саргылана Васильевна Алексеева Россия национальнай баанын Дьокускайдааҕы салаатын кытта ыкса үлэлэһэн, бу бырагыраамманы маассабайдык үлэлэтэргэ бастакы пилотнай улууһунан киирдибит.

Ол курдук, ахсынньы 24 күнүгэр, улууспут Киин библиотекатыгар үбү харчыны сатаан туттарга нэһилиэнньэ бары араҥатын үөрэтэр хабыныат үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.

Муниципальнай оройуон үбүлээһининэн бу хабыныакка компьютер ылылынна, Россия Баана бэйэтин өттүттэн анал методическэй матырыйааллары, брошюралара, үөрэтэр суруктары ыытта.
Хабыныат үлэтин чэрчитинэн киин библиотека мультимедийнай саалыгар онлайн уроктар ыытыллыахтара, үп-харчы эйгэтин үлэһиттэрэ тэрээһиннэри ыытыахтара, хабыныакка дьон бэйэтэ компьютерга олорон быһа эфирынан консультация ылыа, гарант, консультант плюс автоматизированнай системаларынан туһаныа. Библиотекарьдар онно күүс көмө буолуохтара, ситимнээх үлэни ыытыахтара.

Кэлэр сылга маннык хабыныаттар Дүллүкү, Боотулуу, Өргүөт, Далыр уонна ыраах сытар Туобуйа нэһилиэктэригэр арыллыахтара.

Аныгы үйэҕэ үп-харчы эргииригэр түөкүннэртэн ордук саастаах дьоммутун көмүскүөхтээхпит, эдэр кэнчээри ыччаппытын сатаан харчыны туһанар, финансовой бары өҥөнү толору туһанар гына үөрэтиэхтээхпит. Бу сыалы ситиһэргэ маннык хабыныаттар тирэх буолуохтара диэн эрэнэбит.

#КабинетФинансовойГрамотности
#БанкРоссии

T.me/ValeriNikolaev.com
Арассыыйаҕа "Дьиэ кэргэн", Саха Сиригэр "Оҕо саас", Үөһээ Бүлүүгэ "Түмсүү" сылларын чэрчитинэн "Саха өрөспүүбүлүкэтигэр тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору дьиэнэн хааччыйыы" сокуонугар олоҕуран, ахсынньы 16 күнүгэр баттаммыт 669 нүөмэрдээх дьаһалбынан 4 тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго саҥа квартиралары туттардыбыт.

Ол курдук, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр, Интернациональная уулусса 5-с нүөмэрдээх толору хааччыллыылаах таас дьиэҕэ 4 квартиралар: Егоров Ариан Васильевичка, Егорова Жанна Николаевнаҕа, Васильева Алла Егоровнаҕа, Кетехов Семен Ивановичка ананан бэрилиннилэр.

Тулаайах оҕолорго уонна эппиэтинэскэ илдьэ сылдьар опекуннарга саҥа квартиралар күлүүстэрин бүгүн, ахсынньы 25 күнүгэр, үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардыбыт.

Дьиэ диэн олоххо чиҥник үктэнии, үлэлииргэ-үөрэнэргэ саамай тирэх буолар улахан көмө. Кэлэр сылларга тулаайах оҕолору хаачыстыбалаах таас дьиэлэринэн эрэ хааччыйыахтаахпыт диэн сыал-сорук туруорабыт. Саҥа дьиэҕэ киирбит ыччаттар ыал буолан, үлэлээн-хамсаан дьол уйата оҥостуҥ!

#ПредоставлениеЖильяДетямСиротам
#ВерхневилюйскийУлус

T.me/ValeriNikolaev.com
Бүгүн, ахсынньы 24 күнүгэр, бааһынай хаһаайыстыбалаах фермердэри кытта үүт туттарыытыгар түмүгү таһаарар уонна кэлэр сылы былаанныыр сүбэ мунньах ыытылынна.

Сүбэ мунньахха бу сылга 10 тоннаттан элбэх үүтү туттарбыт бааһынай хаһаайыстыбалар чэлиэттэрэ кыттыыны ыллылар.
Сыл түмүгүгэн үүт туттарыытыгар бастыҥ көрдөрүүлээх фермерынан буолла - 121 тоннаны туттарбыт Ороһу нэһилиэгиттэн Тюляхов Айсен Игоревич, иккис көрдөрүүлээх фермер - 75 тонна үүтү туттарбыт Балҕаннаах нэһилиэгиттэн Кардашевский Петр Владимирович, улууска үһүс элбэх көрдөрүүлээх фермер - 44 тонна үүтү туттарбыт Сургуулук нэһилиэгиттэн Степанов Александр Федорович буоллулар.

Быйыл улууспутугар уопсайа 58 бааһынай уонна тэриллиилээх хаһаайыстыбалар үүтү туттардылар. Үүтү туттарыыга быйыл эбии улуус бүддьүөтүттэн 1 лиитэрэ үүккэ 15 солкуобай субсидия көрөммүт лиитэрэ үүткэ ылар харчыны үрдэппиппит. Маны тэҥэ былырыыҥҥы курдук үүт харчытын эһиилги сылга иэс хаалларбакка, бары үүт туттарааччыларга харчыларын кэмигэр сөпкө төлөһөн кэлэр сылга үүткэ иэһэ суох үктэнэн эрэбит.

Хороҕор муостааҕы иитиигэ, элбэтиигэ, үүтү туттарыыга, эт аһы оҥорон таһаарыыга сүҥкэн кылааты киллэрэр туруу үлэһит дьоммутун кытта кэлэр 2025 сылга ыытыллар үлэни былааннастыбыт, фермердар санааларын истэн, этиилэрин ылынан инники үлэ сыала-соруга туруорулунна. Маны сэргэ, эһиил үүт лиитэрэтин 100 солкуобайга диэри үрдэтэрги этии киллэрдилэр.

Кэлэр сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн киирээри турар саҥа механизымнар тыа хаһаайыстыбатын араас хайысхаларын өйөөһүҥҥэ төһүү күүс буолуоҕа диэн бигэ эрэллээхпит.

#КрестьянскоФермерскиеХозяйства
#Молокозаготовка
#ВерхневилюскийУлус

T.me/ValeriNikolaev.com
Бүгүн биһиги Үөһээ Бүлүүбүт улууһа үрдүк ситиһиилэннэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин транспорт уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ биллэрбит суол оҥоруутун куонкурсугар биэс бырайыагынан кыттыбыппытыттан үс бырайыакпыт кыайыылаах буолла.

Ол курдук Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр
Ленина уулусса өрөмүөнүгэр 206,6 мөлүйүөн солкуойбай көрүлүннэ.

Ороһу нэһилиэгэр Сэбиэскэй уонна Центральнай уулуссалар өрөмүөннэригэр 41,4 мөлүйүөн солкуобай.

Нам нэһилиэгэр А. Федоров уонна Мухоплев уулуссалар өрөмүөннэригэр 3,9 мөл. сууммалаах үбүлээһинин государственнай бюджетыттан көрүллэрин ситистибит.
Кэлэр саҥа 2025 сылга ситиһиилээх үлэни баҕарабын!
Сургуулук нэһилиэгэр саҥа оскуола-уһуйаан арылынна.

Аныгылыы көстүүлээх, 2 этээстээх, таас тутуулаах оскуола-уһуйаан Саха Сирин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев быһаччы өйөбүлүнэн тутуллан үлэҕэ киирдэ. 60 миэстэлээх оскуола, 30 миэстэлээх уһуйаан оҕолор сайдалларыгар, үөрэнэллэригэр, билии ылалларыгар бары өттүнэн толору хааччыллыылаах.

Саҥа оскуоланы арыйыыга ВКС быһа эфир нөҥүө Ил Дархан Айсен Сергеевич кыттан үөрүүбүтүн үллэһиннэ.

Сургуулук оскуола-уһуйаана быйыл улууспутугар иккис үлэҕэ киирбит саҥа оскуола буолар. Күһүн, балаҕан ыйыгар, үөрүүлээх быһыыга-майгыга Боотулуу орто оскуолата арыллыбыта. Маны сэргэ, быйыл Ороһу нэһилиэгэр саҥа оскуола тутуута сөргүтүллэн саҕаланна.

Сургуулук нэһилиэгин олохтоохторун, оскуола үөрэнээччилэрин, учууталларын, уһуйаан иитиллээччилэрин, иитэччилэрин, бары үлэһиттэри үөрүүлээх түгэнинэн СӨ тутууга миниистирин бастакы солбуйааччыта Евгений Егорович Афанасьев эҕэрдэлээтэ.

Оскуоланы тутан үлэҕэ киллэрбит бэдэрээтчит "Сахаспецмонтаж-95" ХЭТ дириэктэрэ Дмитрий Алексеевич Петров үгэс быһыытынан бэлиэ күлүүһү бырааттыы Боескоровтар ааттарын сүгэр Сургуулук орто оскуолатын дириэктэригэр Октябрина Ильинична Боескороваҕа туттарда.

Сургуулук нэһилиэгин олохтоохторун саҥа тупсаҕай дьүһүннээх таас оскуола арыллыбытынан эҕэрдэлиибин.
Сургуулук нэһилиэгэ бэйэтэ ураты сайдыылаах, үгүс наука доктордара уутуйан үөскээбит дойдулара буолар. Инникитин да үөрэххэ-билиигэ тардыһыылаах саҥа көлүөнэ ыччаты иитиигэ кыһамньылаах үлэни баҕарабын.

Саҥа оскуола сылаас, сырдык, элбэх көлүөнэ ыччакка билиини биэрэр биһик буоллун, олохтоохтор үөрүүлэригэр үйэлээх, кэскиллээх оскуола буоллун!

#Сургуулук
#ОткрытиеШколы
#ВерхневилюйскийУлус

T.me/ValeriNikolaev.com
2024/12/30 23:38:08
Back to Top
HTML Embed Code: