Telegram Group & Telegram Channel
Оҥхой нэһилиэгэр саха ынахтарыгар аныммыт 50 төбөлөөх хотон тутуллан үлэҕэ киирдэ.

"Саха ынаҕа" СӨ генофоднай тэрилтэтин Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалыгар билиҥҥи туругунан уопсайа 51 төбө иитиллэр. Манна эбии бүгүн Горнай улууһун Маҕарас нэһилиэгиттэн 15 сүөһү кэллэ, сарсын Ньурба улууһун Акана нэһилиэгиттэн 10 сүөһү уонна эһиил 5 сүөһү Горнай улууһуттан кэлэрин кэтэһэбит.

Бырайыак быһыытынан хотон 50 төбөлөөх диэн да буоллар, саха ынаҕа атын боруода ынахтартан ураты дьүһүннээх буолан, уопсайа 80 саха сүөһүтэ батар хотоно тутулунна.

Хотон үөрүүлээх арыллыытыгар "Якутский скот" өрөспүүбүлүкэтээҕи генофоднай тэрилтэ салайааччыта Артемьев Александр Еремеевич үөрүүлээх түгэнинэн эҕэрдэлээтэ уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи филиал салайааччытыгар Пантелеймон Михайлович Дмитриевка хобо чуорааны үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Эҕэрдэ тылыгар Александр Еремеевич инникитин 120-130 сүөһүгэ тиийиэхтээхпит диэн сыал-сорук туруорда.

Оҥхойго тутуллубут хотон 5 сыл иһигэр саха ынахтарыгар анаммыт 10-с хотон буолла.

Саха ынаҕа инникитин биһиги улууспутугар өссө элбиэ, кэҥиэ диэн эрэлбит улахан.

"Якутский скот" өрөспүүбүлүкэтээҕи генофоднай тэрилтэ салайааччытыгар Артемьев Александр Еремеевичка өйөбүлгүт иһин истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Саха ынаҕын харыстыыр, элбэтэр сырдык сыаллаах тэрилтэҕит өссө сайда чэчирии турдун, үлэҕит таһаарыылаах, ситиһиилээх буоллун!

#ТыаХаһаайыстыбата
#СахаЫнаҕа
#ЯкутскийСкот
#ВерхневилюйскийУлус

T.me/us/ValeriNikolaev.com

group-telegram.com/ValeriNikolaev/2110
Create:
Last Update:

BY Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района

Share with your friend now:
group-telegram.com/ValeriNikolaev/2110

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

But the Ukraine Crisis Media Center's Tsekhanovska points out that communications are often down in zones most affected by the war, making this sort of cross-referencing a luxury many cannot afford. Perpetrators of these scams will create a public group on Telegram to promote these investment packages that are usually accompanied by fake testimonies and sometimes advertised as being Shariah-compliant. Interested investors will be asked to directly message the representatives to begin investing in the various investment packages offered. Emerson Brooking, a disinformation expert at the Atlantic Council's Digital Forensic Research Lab, said: "Back in the Wild West period of content moderation, like 2014 or 2015, maybe they could have gotten away with it, but it stands in marked contrast with how other companies run themselves today." DFR Lab sent the image through Microsoft Azure's Face Verification program and found that it was "highly unlikely" that the person in the second photo was the same as the first woman. The fact-checker Logically AI also found the claim to be false. The woman, Olena Kurilo, was also captured in a video after the airstrike and shown to have the injuries. Telegram Messenger Blocks Navalny Bot During Russian Election
from us

Telegram Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
FROM American